16+
Графическая версия сайта
Зарегистрировано –  123 636Зрителей: 66 691
Авторов: 56 945

On-line23 225Зрителей: 4604
Авторов: 18621

Загружено работ – 2 128 393
Социальная сеть для творческих людей
  

БИЛБЭТ ЭТИБИТ

Просмотр работы:
08 апреля ’2024   06:23
Просмотров: 1264




Поэтический перевод Ольги Софроновой - Суhум на язык народа Саха стихотворения Василия Полятинского «МЫ НЕ ЗНАЛИ».



МЫ НЕ ЗНАЛИ



Мы не знали, что вдвоём,
будем вместе танцевать,
будни детства ни о чём,
снова стали вспоминать.

Говори, а я скажу,
был тогда ли снегопад,
сказкой детства дорожу
в нотах тихих серенад.

Ты прелестна и нежна,
песня звонкая моя,
как цветок лесной скромна,
душу счастьем напоя.

Быть с тобой хочу всегда,
красотой любви делясь,
ты Полярная звезда,
к ней стремлюсь, судьбе молясь.

Стерхи белые летят,
над просторами земли,
чувства страстные томят,
лишь любовью окрыли.

Рядом со мной или нет,
просто что-нибудь скажи,
золотистых чувств отсвет,
песня солнышка в тиши.

Мы не знали, что вдвоём
будем вместе танцевать
будни детства ни о чём
снова стали вспоминать.



Василий Полятинский
18:15 – 19:15 06.04.24
© Свидетельство о публикации №124040604198



БИЛБЭТ ЭТИБИТ



Муусука алыптаах
Тыаһыгар уйдаран
Бу курдук чуумпутук
Уоскуйа налыйан.

Үҥкүүлүү сылдьабыт
Иэйиигэ ылларан.
Өйдүүгүөн, ол кэмҥэ
Хаар түһэр этэ дии?

Умнубат эбиппит
Ол дьикти кэмнэри,
Ааспыт ааспатах
Минньигэс түгэнин.

Оҕо саас сандаархай
Саастарын саныыбыт,
Дьиктилээх иэйиини
Сүрэххэ бигиибит.

Ымыылаах чыычааҕым,
Мин ырыам, нарыҥҥын,
Ойуурга кэриигэ
Үүммүт эн чэчиккин.

Эйигин кытары
Мин бииргэ буолуохпун,
Мин кутум үөрүүтүн
Үллэстэн ылыаххын.

Баҕардым сэгэриэм,
Мин бүгүн олустук...
Мин күнүм күлүмэ,
Хотугу сулуһум.

Кылыкы-алыкы
Кыталык көтөрдөр
Үөрдэрин кытары
Халлааҥҥа көтөллөр.

Уот таптал кыымнарын
Сүрэххэ сөҥүрдэн
Кинилэр, дьэ дьиҥнээх
Эрэллээх көтөрдөр.

Аттыбар эбэтэр,
Тэйиччи да сылдьан
Иэйиилээх биир тылы
Эн миэхэ эттэргин.

Саҕахха тахсар күн
Ыллыаҕа миигинниин,
Киҥкиниир киэҥ халлаан
Үөрүүбүн үллэстиэ.

Оҕо саас сандаархай
Саастарын саныыбыт,
Дьиктилээх иэйиини
Сүрэххэ бигиибит.



Василий Полятинский нууччалыы хоһоонун
Ольга Софронова-Суһум сахалыы тылбааһа
07.04.24 с.
© Свидетельство о публикации №124040800712
Свидетельство о публикации №460333 от 8 апреля 2024 года





Голосование:

Суммарный балл: 0
Проголосовало пользователей: 0

Балл суточного голосования: 0
Проголосовало пользователей: 0

Голосовать могут только зарегистрированные пользователи

Вас также могут заинтересовать работы:



Отзывы:



Нет отзывов

Оставлять отзывы могут только зарегистрированные пользователи

Трибуна сайта
Солнечный вестник

Присоединяйтесь 



Наш рупор
Оставьте своё объявление, воспользовавшись услугой "Наш рупор"

Присоединяйтесь 






© 2009 - 2024 www.neizvestniy-geniy.ru         Карта сайта

Яндекс.Метрика
Мы в соц. сетях —  ВКонтакте Одноклассники Livejournal
Разработка web-сайта — Веб-студия BondSoft